– Бэйи, тохтот, быһыыта, сыыһы ытырда, – диэтэ оҕонньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.
Иккис эргийиилэрэ буолла, уол оҕуһун тосту эргитэн алтахтатан эрдэҕинэ:
– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн хаһыы тоҕо барда. – Аны токообут сыҥааҕа тулунна, бар, сүгэни аҕал!
Сүгэ аҕаланнар, оҥорбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.
Саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ:
– Киллэр-киллэр! – диэн оҕонньор дьохсооттоото.
Онуоха уол:
– Оттон оҕуһум сөпкө иһэр ээ, – диэтэ.
– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – оҕонньор тиритэ-хорута быһыытыйда, баттаҕын саҕатыттан көлөһүнэ саккыраан түстэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, төһөнү эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, эһитэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэһэтин, түһэн эрдэҕинэ өрүһүйбүт курдук, түргэнник торбос үтүлүгүнэн өрө аста.
– Чэ бар!
Бардылар.
– Киллэр!.. Таһаар-таһаар! Тууй-йиэ! Көрөн хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы үөдэн, сырыыта табыллыбата, доҕоор! Туой тыҥырахтаан быһа сытыйар буоллаҕа үһү. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, оҕонньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. Оҕустара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.
– Сирэйгэ биэр!..
Биир былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус мөҥүрүөн сир кэлбитигэр суха дириҥник ылла. Оҕонньор, өссө дириҥник ыллын диэбит курдук, туох баар күүһүнэн баттаан истэ, кыһыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыыҥа субуруйан түспүтүн билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ бүтэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан иҥнэн өрө тэптэ да, оҕонньору ыраах, төбөтүн оройунан эһэн кэбистэ.
– Чэ бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!
– Бу маһы дуо?
– Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.
Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.
– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.
Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.
– Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.
Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.
Чэйдээн бүттүлэр.
Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.
Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.
– Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:
– Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.
Онуоха оҕонньор:
– Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…
Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:
– Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый? Бэйи, хата этэрбэһим быалаах эбит ээ, – диэн, онуоха үөрбүт курдук, дабдас гына түһэн, тииһинэн түһэ-түһэ, баайда. Бүтэрэн хоҥуннулар.
Бэрт кылгас сири бардылар да, били төҥүргэс аттыгар тиийэн оҕонньор:
– Тохтот-тохтот! – диэн улаханнык хаһыытаата, сухатын, тардыалыы-тардыалыы, төлүтэ баттыалаата.
Уол тохтоото, оҕус, хаһыыттан куттанан, тохтообото, умса дьулуруйда. Инньэ гынарын кытта тыас тыаһа хачыгыр гына түстэ да, суха буортан мүччү ыстанан тиийэн кэллэ. Онуоха оҕонньор өрүһүспүт курдук хап-сабар олордо охсон, иккитэ-үстэ баттыалаан баран өйдөөн көрөн:
– Бай! Сухабыт тимирэ хаалбыт дии! Тууй-сиэ, дьаат! Дьэ букатын үрэлиннэ. Үчүгэй да хара сордоох сэп буолар эбит, – дии-дии, ыадар-ыадар хааман тиийэн көөртө, сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит сиригэр туһунан сытар эбит.
Хаампый оҕонньор маннык сордоох сэбинэн үлэлээн, үрүҥ-хара көлөһүнүн үйэтин тухары үгүһү тохпута…
1927
Куоттарбыттар
Дьиэ таһа хабыс-хараҥа. Салгын бүтүннүү сып-сыыгынас ыыс-будулҕан туман. Тыа, толоон олорчу тоҥ хаарынан саба көмүллэн сыталлар.
Балаҕан иһэ, холлоҕосторо күлүгүрэн, муннуктара харааран, суол аана чэҥирэн, түүл-бит курдук буолан, ыараан, ынчыктыы сытарга дылы. Кини ынчыктыыра, өрө уһуутуура үөлэс устун иһиирэн тахсан, тыал буолан улуйар курдук.
Оһох уота, утуйан эрэрдии, хараҕын быһа симмэхтии-симмэхтии, имик-самык умайар. Өтөр буола-буола күлүм гынан сырдаан ылар, оччоҕо, көрбөт буолбут киһи ытаан хараҕыттан уу-хаар баспытын курдук, муус түннүк оҥоҥноон ааһар.
Сыбах оһоххо саннын өйөөн, ырбаахыта суох, атах сыгынньах, торбос ыстааннаах оҕо тымтыгы туппутунан утуктуу олорор. Сэрбэйбит баттаҕын уот мөлтөх соҕустук сырдатар, төбөтүн күлүгэ биир эркиҥҥэ түһэн харааран турар.
Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин кини этэрбэһин тигэн кыҥастаһар. Ийэ сотору-сотору туой үөһэ тыынар уонна уолун сүрдээх уйан баҕайытык көрөн кээһэр. Көхсүн иһигэр санаата баппат, туой куһаҕан санаалар, хараҥа былыт курдук, сабардаан кэлэ тураллар.
Түөрт нэдиэлэ буолла куоракка үөрэнэ сылдьар бастыҥ оҕото Ороһустубаҕа хайаан да тахсыам диэн сурук ыыппыта. Онтон бэттэх туох да сураҕы, арай куоракка дьаҥ баар диэнтэн атыны, истэ илик.
Тоҕо эрэ түүн аанньа утуйбат, куһаҕаннык түһүүр, сүрэҕэ мөхсөр буолла.
«Оҕом сыыһа, күннээтэр күнүм, ыйдаатар ыйым, чыычааҕым, сүрэҕим хайдах буоллаҕай? Огдоомо хаалтым уонча сыл буолла, ол тухары түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары кэтэһэрим-манаһарым кини этэ. Ол көмүһүм, кэлиэх буолан баран, тоҕо бу кэлбэтэ… Төһө да сордоннорбун, эрэйдэннэрбин, кинибин санаатахпына, бөҕөхсүйэрим, сүрэҕим-быарым үөрэрэ, ытыы олорон уоскуйарым: кини сынньатыа, сынньаныам диирим… Бу оҕом киһи буолара ыраах. Эрэйдээҕим сыыһа туой эмиэ убайын кэтэһэр ээ».
– Тоойуом, тугу утуктаан муҥнана олороҕун? Утуйуоххун.
– Ийээ, убайбын кэтэһэбин, хартыыналаах кумааҕы, кэмпиэт аҕалыах буолта.
Ийэтэ эрэйдээх хараҕын уута тигэ олорор этэрбэһигэр «топ» гына таммалыыр…
– Ийээ, тоҕо ытыыгын? Оччоҕо мин эмиэ ытыам… – уонна кууһа түһэн, уол оргууй ийэтин уоран көхсүттэн сыллыыр.
Ийэтэ хараҕын сотто-сотто: