Уонна туох тохтотуой таптал күүһүн!
Бу остуоруйаларга туохтан да күүстээх, тугу да хотор айар күүс уоттаахтык баҕарыы буолар. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин оҕото суоҕуттан муҥатыйан ытыы-ытыы, сир симэҕин үргээн дьиэтигэр аҕалан сыттыгын анныгар уурбута саннын хараҕар диэри түспүт куударалаах баттахтаах кыыс оҕо буолан хаалбыт үһү ээ Күүстээх баҕарыыттан, дьиҥнээх муҥатыйыыттан тахсыбыт харах уута сир симэҕэр тыыннаах сиик буолан түспүт эбит.
Уонна тугу кыайбат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы!
Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат.
Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардынар.
Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах сыбыы оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат.
Кини остуоруйалыыр, кэпсиир. Остуоруйа ханна тиийэн олохтон арахсарын Микиитэ билбэт. Хантан ыла кини олоххо холбоһорун кини эмиэ билбэт. Олох уонна остуоруйа быа икки утаҕын курдук холбуу өрүллэн бара турар быһыылаахтар.
Олох курдук остуоруйаттан остуоруйа курдук олох буолан барар.
Быыкаайык балаҕан иһэ кэҥээтэр кэҥиир, үрдээтэр үрдүүр, киэркэйдэр киэркэйэр. Истиэнэ быыстарынан чэҥ муустара килэриһэн тураллар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Остуоруйа дыбарыаһын үрүҥ көмүс эркиннэрэ күлүмүрдэһэллэр Сиргэ бөх-сыыс ыһылла сытар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кыһыл көмүс кырадаһыннара кылбаҥнаһаллар Таһырдьа буурҕа тыал улуйар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кырыктаах маачаха хара тыаҕа муннарбыт тулаайах кыыһа Үрүҥ Үкэйдээн ытыыр Сибилигин кини киирэн кэлиэҕэ. Киирээт, Микиитэ кэтит түөһүгэр сүүһүн өйөөн туран ытыаҕа, ытыырын быыһыгар этиэҕэ: «Миигин аһыннаххына эн аһыныаҥ, харыһыйдаххына эн харыһыйыаҥ»
Кырдьыга да оннук.
Микиитэ үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр да, толооҥҥо өлбүт кулун буолан хаалар. Икки оҕолоох суор кэлэн тиит төргүү мутугар түһэр. Оҕо суордар иҥсэлээх харахтарынан кулуну одуулаһан турулуҥнаһаллар уонна быыстала суох айманаллар:
Ийээ, ийээ! Ас-таҥас, уйгу-быйаҥ! Тоҥсуйа охсуохха, тоҕута тардыахха!
Кырдьаҕас суор сүрдээх сэрэхтээх, албын, кини түҥнэри хайыһан олорон куолайын төрдүнэн куллургуура иһиллэр:
Икки атах буолуо, саха урааҥхай буолуо. Эргийэ көтүөххэ, эрэлин билиэххэ!
Эргийэ көтөн иһэн, оҕо суордар тулуйбаттар, кулун хараҕын тоҥсуйа охсоору төбөтүгэр түһэллэр. Микиитэ биир оҕо суору саба харбаан ылар, биирдэрин кутуругун туура тардан хаалар да, үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр, бэйэтэ бэйэтинэн, эр бэрдэ буолан хаалар. Ийэ суор айдаарар-айманар, Микиитэ иннигэр-кэннигэр түһэр, иэйэр-туойар:
Эппэтэҕим дуо, сэрэппэтэҕим дуо?! Оҕобун ыыт, талбыккын ыл. Сорум-муҥум, муҥум-сорум!
Оҕо суор иэрбэҥ-таарбаҥ көрбүт харахтарыттан сылаас уу таммалыыр, Микиитэ модун түөһүгэр хатыылаах атахтарынан тирэнитэлиир.
Арай өлбөт мөҥү уутун аҕалларгын хайыам эбитэ буолла, диэн Микиитэ сөҥөдүйэн кэбиһэр.
Атынна ыл. Тугу барытын биэрэбин
Суох! Атыны ылбаппын!.. Оччоҕо! Суор оҕотун моонньун булгу эрийээри гыммыта буолан, Микиитэ тарбаҕын сараадытар.
Тохтоо, диэн өлөрдүү сарылыы түһээт, ийэ суор илин халлаан сиксигин диэки көтөн быластана турар.
Микиитэ аҕыс салаалаах аал дууп маска өйөнөн олорон суор оҕотун аһынан имэрийэр: «Ийэҥ билигин кэлиэ. Мин эйигин ыытыам. Эрэйдээх, акаарыҥ сүрдээх ээ», диэн ботугуруур. Өр-өтөр гыммат, ийэ суор «өлбөт мөҥү уута» диэн мунду хабаҕын курдук күөгэлдьигэс хаалаах дьэҥкир ууну тумсугар тутан аҕалан биэрэн, оҕотун ылан барар.
Микиитэ ол ууну Үрүҥ Үкэйдээн өлбүт ийэтин уоһугар таммалатар. Өлбүт дьахтар имэ тэтэр гынар, уоһа ибир гынар. «Мин оҕом Үрүҥ Үкэйдээн ханнаный?» диэн ботугураабытынан, хараҕын көрөн кылбаарыс гыннараат, күн уотуттан симириктии түһэр. Мичээрдээбитинэн олорор, ол-бу диэки көрөр, онтон туран кэлэр, уонна улам кэҥээн, эҥсиллэн киирэр алаас сир үрүйэтин устун таҥнары хааман, муус маҥан ырбаахыта тэлээриҥнии турар. Ырыых-ыраах, үрүҥ үрүмэччи курдук, туох эрэ киниэхэ утары эймэкэччийэн иһэн, өрө күөрэс гынар да, хотун дьахтар түөһүгэр хатана түһэр. Дьэ көрүстүлэр эбээт, ахтыспыт кыыстаах ийэ!.. Омуннуран бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, үөһэ тыыммахтыы-тыыммахтыы, Үрүҥ Үкэйдээн кэпсиир саҥата кыҥкынаан иһиллэр: «Ийээ, Дьөгүөрдээннээх Сөдүөччүйэ улахан оҕолоро Микиитэ диэн киһи бэрдэ, саха бастыҥа баар. Эйигин ол киһи тилиннэрдэ эбээт». Ийэ хотун Микиитэ толбонноох ньуурун көрөөрү, баһыттан атаҕар диэри махтанаары-баһыыбалаары эргиллэ хайыспыта: Микиитэ ханна да суох Микиитэ Айыы аймаҕар, күн улууһугар тиийэн тыл эттэ, саҥа саҥарда: «Өрөгөй-талаан буолла, дьол-соргу туолла! Отут омук оонньуутун оонньуоҕуҥ, отут омук көрүн көрүлүөҕүҥ!».
Үрүҥ көмүс дыбарыас иһигэр үөрүү-көтүү буолар. Сылгы сыатын, саламааты, сүөгэйдээх дьэдьэни, көбүөрдээх лэппиэскэни сиэ да сиэмэ буолаллар. Көр-нар, ас-үөл ортотугар, дьон саҥата туой: «Микиитэ уол, эр бэрдэ, элик туйгун!» дэһэллэр.
Һыччыай, кэл, үөрэҥ тобоҕун ис, диэн баран ийэтэ кэтэҕиттэн сыллаан, Микиитэни өлөрдүү соһутар. Балаҕан ньалҕарыйа ууллубут муус түннүгэ эккирээмэхтээн ылар.
Күнүскү бэс үөрэттэн ордорон кэбиспитин сылытан ийэтэ остуолга ууран биэрэр.
Ону иһэн баран улам тардыллан эмиэ аптаах тыл сүүрүгэр оҕустаран, уол устубутунан барар.
Аны тиит кумалааныгар тоҥсоҕой уйаламмытын булар. Кумалаан айаҕын бүөлүү хаптаһыны саайан кэбиһэр уонна бэйэтэ тиит анныгар саһан сытар. Сотору соҕус буолаат, ийэ тоҥсоҕой тиийэн кэлэр да уйатыгар кыайан киирбэккэ, төттөрү көтөр. Онтон эмиэ кэлэн хаптаһыны тардыалыы сатаан баран, кыайбакка төннөр. Бэрт өр буолан баран, тумсугар от салаатын туппутунан үсүһүн кэлэр. Кэлээт, кумалаан хаппаҕын төлө тардан ылар. Сонно Микиитэ часкыйбытынан ойон турар. Соһуйбут тоҥсоҕой отун салаатын сиргэ ыһыктан кэбиһэр. Ол күүстээх от салаата. Микиитэ ону сиэн, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ буолар. Түөһүн быччыҥнара дыыгынаһа күүрэллэр, охумаллара, бууттара ыараан бараллар; чабырҕайдара умайаллар
Атаҕастабыллаах, аптаах маачахалар, кырыктаах ыраахтааҕылар, ийэни-аҕаны сиэччи абааһылар, быһыта оҕустах аайы утары үүнэ турар уон икки төбөлөөх эриэн кыыллар О, дьэ билигин Микиитэ эһигини кытта кэпсэтэрэ буолуо. О, кини дьэ
Эмиэ хараҕын тиэрэ-маары көрдө! диир ийэтэ.
Дьик гына түһээт, Микиитэ кыараҕас, боруҥуй балаҕанын иһигэр буолан хаалар
Иллэрээ сыл тойоммут аахха Сүөдэрикээн кулуба Уйбаан суруксуттуун хоммуттара. Онно Уйбаан суруксут сурук ааҕан дьэргэлдьийбитэ. Ону үтүктэн оҕом хараҕын дьэргэлдьитэр буолан хаалбыта
Сөдүөччүйэ итини кимиэхэ да сэһэргээбэт, оҕотун буруйун чэпчэтээри бэйэтигэр быһаарыы бэринэрдии саҥара олорор. Икки мааны дьон, кырдьык, хонорго дылы гыммыттара. Хаптаһын быыс тумсунан быган көрдөххө, уҥа ороҥҥо сурук ааҕар киһи баарга дылы этэ. Маҥнай, баҕар, үтүктүбүтэ да эбитэ буолуо.
Оттон манна, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ киһи, саамай мүччүргэннээх сырыыга, чэгиэн эт сэймэхтэнэр, хатан бүлтэс үлтүрүйэр тиһэх охсуһууга киирээри силбиэтэнэн эрэр этэ Хааннаах харахтарын тиэрэ-маары эргичиҥнэппэккэ, буордааҕынан-сыыстааҕынан булкуйталыы көрбөккө, хайыаҕай? «Биир сымыыт ханна сытыйбатай, биир уол оҕо ханна өлбөтөй!» диэн бөҕө санааны ылынан, сүдү өстөөҕү кытта өлөрсөн, хаһыытаһа-хаһыытаһа хаппар куҥтан харбаһар кэмэ тирээн кэлбитэ эбээт Мичээрдиэ, уйаргыа баара дуо?!