Лугинов Евсей - Номох буолбут кэпсээннэр стр 5.

Книгу можно купить на ЛитРес.
Всего за 200 руб. Купить полную версию
Шрифт
Фон

Сарсыарда сулустар хайысхаларынан быһааран эрдэ ту-ран, атыырын тутан, салгыы лөкөйүн сонордоон барда. Лөкөй да бөлүүҥҥү сиртэн улаханнык ырааппатах. Сарсыарда халлаан лаппа сырдыыта, Нуотара баһын ыраас маарыгар сотору-сотору онон-манан тыынара күдэриктийэн көстүтэлиир буолла. Атыыр да ол күдэриги көрөн, эбии холкутугар түспүт курдук буолла. Айанын эппэккэ да, бытаардыбакка да иннин диэки дьулуруйан истэ. Күнүһүөрү Амма сиһин тэллэҕэр дьааҥыттан киирбит атыыр ойуһар кырыа буолбут көхсө субу чугаһаан кэллэ. Аттаах киһи ыкса астаран кэлбитигэр, сэниэтэ эстибит лөкөй атаҕын баҕаналыы тэбинэн турунан кэбистэ. Киһи уһуну-киэҥи саныы барбакка, үөрүйэх киһи быһыытынан булдун хаҥас холун аннынан тайыытынан биирдэ супту түстэ. Лөкөй соһуйбуттуу иннин диэки ыстанан иһэн умса баран, сирэйинэн хаары хоруйда.

Уоһук булдун икки буутун этин элийэ баттаан бэрэмэдэйигэр хаалаан уонна сыаналааҕын аанньа тириитин түрбэлии эрийэн ыҥыырын кэннигэр баанан баран, айан суола бу туһунан баара буолуо диэн атын соруйан кэбистэ. Ол киэһэ ыкса түүн айан суолун уонна ыалы булан сылаас сиргэ хонно. Сарсыныгар ыалыгар кыылын этиттэн бэрсэн, дьиэлээх хаһаайыҥҥа булда ханна хаалбытын ыйан баран дойдулаата.

Күн-дьыл ааһан истэ, Хардааччы аата ат туйаҕа тиийэринэн иһилиннэ, эт сиир дьоро киэһэлэргэ хоноһо, дьиэлээх сэһэнэ буолла. Хардааччы олоҕор аҥаардас булт эрэ соргулаах күннэрэ баар буолуохтара дуо? Бары тыынар тыыннаах, хамсыыр харамай аналынан, «балык ыамнаах, киһи күннээх» дииллэринии күөх сайыҥҥа көччүйэр, ууһуур-тэнийэр дьол имэҥин амсайар күннэр эмиэ бааллара. Амматтан кэллэҕин утаа, иччитэ бэйэтин үөрүгэр сыһыарыаҕыттан, кырдьаҕас атыырын харайыаҕыттан билигин кини үөр баһылыга буола сылдьар. Кэлээт да, кини үөр быыһыгар сылдьар туллук курдук туус маҥан кытыты Туллукчайы сөбүлүү көрбүтэ. Туллукчай да, кинини анала кэлбитинии, атыҥыраабатаҕа. Атын аҕам биэлэр курдук ньылайан, тэбиэлэнэн астаһыннарбатаҕа. Билигин Туллукчай үөр бас-көс биэтэ, мэлдьи кини аттыгар буолар, үөр олоҕун сүрүннэһэр, сылы-сыллата бэйэтин курдук кулунчуктары төрүүр.

Сылы-хонугу кытта Уоһук бэйэтэ кырдьа быһыытыйда, аһыыра-сиирэ мөлтөөтө. Эти сиэтэҕинэ, куртаҕа дэлби аалларан ыалдьар, ол иһин аһын уларытан хаан буһартаран сиир, бурдук дэлэй соҕустук көһүннэҕинэ судурааннаан, оргуйбут ууга суурайан убаҕас хааһы гына оҥорторон үссэнэр. Оччоҕуна, хайдах эрэ куртаҕа сынньаммыт, ыарыыта аматыйбыт курдук буолар.

Дьылдьыттар сабаҕалыылларынан, быйыл угут дьыл буолуох курдук, ол гынан баран саас үллүктээбит хаар муус устар ортотугар уостан, сир хайыы-үйэҕэ элэмэс таба курдук дьүһүннэннэ. Саас уһаары гыммыт сибикилээх, күн эмиэ да чэмэличчи тыгар курдук да, хатааһына диэн сүрдээх. Сүгүн-саҕын мууһун ууллартарбат. Былырыын күһүн күөллэр, үрэхтэр тот сытан тоҥмуттара. Сэтинньи ортотуттан саҕалаан олунньуга диэри хастыы эмэ күннээх сэргэ баһа сэтэриччи тоҥор тымныылара түһүтэлии сылдьыбыттара. Ол да иһин буоллаҕа, муус быйыл аһара халыҥ. Онон, өрүс үрдүгэр олорооччулар сүрүннээн сэргэҕэлиир сонуннара өрүс быйыл хайдах эстиэн, былыргыны аныгыны санатыһан, күнү-дьылы сылыктаһыы буолла.

Ыам ыйын ортото, кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, күүтүүлээх кэмнэрэ дьэ кэллэ. Күндэ үрэх үрдүк мырааннарыгар олорор аҕа уустара сэрэхтээх өттүлэрэ ынахтарын-сылгыларын хаайталаатылар. Арай Тараах эрэ оҕонньор наҕылыйан олорон баран, дьон олус аймаммытын иһин, үрэҕи туораан уонча сылгытын хочоттон сатыы үүрэн кэлэн иһэн сынньана түһэн, чэй иһээри амынньыары тоһута сылдьан, дулҕа быыһын көрбүтэ: уу күрүлгэннии күллүгүрээн, көрдөрбүтүнэн туран сүүрүгүрбүнэн барда. «Арааһа, өрүс эһиннэ, хочону уу толоро илигинэ тэскилии охсуохха, сылгылар бэйэлэрэ да батыһан тиийээ инилэр»,  дии санаат, солуурчаҕын тоҕо сүөкээт, үс биттэхтээх үрүмэччи тыытыгар харбыаласта. Маар быыһыгар уу туолбута сүрдээх. Ууну-сииги кэспитинэн үрэх үрдүн кырдалыгар тиийбитэ, маарыын үөһэ тардыбыт тыыта субу устан барыахтыы, биэтэҥнии-күөгэҥнии турар эбит. Хата, талахха баайбыта абыраабыт. Сүөрэн, бэйэтигэр тарда охсон, киирэн олорон баран, мыраанын диэки сыыйылыннарда. Аартыгар тиксэн баран, били кырдалын көрбүтэ: уу үрдүнэн таһыйа охсон эрэрэ.

Аллан эбэ уонна Күндэ үрэх хочотун икки ардыгар баар үрдүк булуҥҥа Оҕонньор ууһун өтөҕүн хоту уһугар олорор Уоһук Сахаарап уолаттара биир күн эбэлэригэр киирэ сылдьан, сотору соҕус төннөн кэллилэр:

 Аҕаа, өрүспүт мууһа үөһэ Буор Хайаны бэтэрээ өттүнэн быстыбыт уонна ыраахха диэри ырааһырбыт. Байанай аартыгынан Уҥуор Кээлбиккэ диэри киһи тыынан куттаммакка тахсар буолбут. Онтон Буор Хайа анараа өттүгэр Халҕаннаах сээнинэн муус дьааҥы хайатын курдук өрөһөлөнөн тахсыбыт. Уу буоллаҕына, күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ, кэлэн эрэр. Били киирбит ыллыкпытынан арычча ууттан куотан кэллибит. Арааһа, улахан уу кэлээри гынна.

Ону истэн баран, хаҥас диэки ыарыытын уталыта сып-пыт Уоһук нааратыттан туран, сандалытыгар тайанаат:

 Хайа, ноколор, иэдээн буолбут. Олоруохпут дуо, балаҕан, хотон эркиннэрин көтүрэн, сыһыаран кэтит далаһата оҥостуохха, сүөһүлэрбитин онно таһааран баайталыахха, бэйэбит эмиэ онно хатааһыннахпытына, ордор буолбуппут. Чэйиҥ, тахсыаххайыҥ!  диэн дьаһайаат, сүгүллэн туран уолаттарын кэнниттэн таһырдьаны былдьаста.

Өрүс эстибитин биллэрэн эбэттэн тымныы, уорааннаах салгын охсулунна. Бэрт тиэтэлинэн киэһэ хойукка диэри болуоттарын оҥорон бүтэрдилэр. Сүөһүлэрин онно таһааран баайталаатылар, малларын сыыһын эмиэ биир уһукка курулаатылар уонна туох дьүүл-дьаабы буоларын кэтэһэн олордулар. Сарсыарданан өтөхтөрүн үрдүнэн уу таһыччы охсон кэбистэ, тула килэччи уу буолла, тыа, ойуур быыһыгар сылбай ууга көҕөттөр саҥалара мээтиргээтэ, чыккымайдар саҥалара чырыктаата, далаһаларын сыыһа дагдаҥнаата. Уоһук санаата болуоттарын тутан турар кирис быаларыгар, өтүүлэригэр уонна сылгыларыгар буолла. Быалара билиҥҥитэ чиҥ курдуктар, онтон сылгылара барахсаттара ха-йастылар буолла? Хардааччы акаары сылгы буолбатах, үөрүн ханна эрэ үрдүк сиргэ таһааран быыһаа ини. Эчи, быйылгы көмүөл уута кэлбитэ балысхана, соһуччута да бэрт.

Хардааччы Күндэ үрэх хайаларын утарыта Өлөрсүбүт Маарыгар мэччийэ сылдьан эмискэ тымныы салгын охсубутугар, уруккутунан өрүс мууһа хамсаабытын сэрэйбитэ. Үрэх хаатыгар уу сүүрүгүрдэр тыаһын истэн уулаары киирбитэ, хайыы-үйэ уу үрэх эниэтин ортотунан буолан эрэрэ. Сулбу-халбы уулуу охсоот, төттөрү үөрүгэр тиийэн сааһаабыт өтөхтөрүн диэки үүрбүтэ. Ол кэмҥэ хочо устатынан, туоратынан халааннаан эрэрэ. Тымныы ууттан куттанан атыырдарын суоһурҕаныытыгар да бэриммэккэ, кытыттар уонна тыйдар төттөрү үрэхтэрин үрдүгэр салаллан тахсыбыттара. Ол икки ардыгар Үрэх хаата туолан, күөгэҥнээн сылгылары өссө ордук куттаабыта. Бэрт кыра уһун синньигэс томтор сир баарыгар тахсан, мустан биэлэр, ууну сытырҕалыы-сытырҕалыы, бүтэйдии куттанан титирэһэ турбуттара.

Хардааччы кытыттарыгар уордайан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, ытыран, тэбэн көрө-көрө ууга киллэртии сатаабыта да, кытыттар кинитээҕэр ууттан чаҕыйбыттара.

Ол курдук сылдьан Хардааччы сыыгынас тыаһы иһиттэ. Хонос гынан көрө түспүтэ: хочо үөһээ баһыттан буор мыраан ойуурун тоҕо солоон хайа саҕа дьапталлыбыт муустар халҕаһалыы анньан иһэллэрэ! Эмискэ күүһүрэн кэлбит тыалга муус тыаһын быыһынан ыраах ханна эрэ хочо ортотун диэки сылгылар ииримтийбиттии айманыылара иһиллэн ааста.

Ваша оценка очень важна

0
Шрифт
Фон

Помогите Вашим друзьям узнать о библиотеке

Скачать книгу

Если нет возможности читать онлайн, скачайте книгу файлом для электронной книжки и читайте офлайн.

fb2.zip txt txt.zip rtf.zip a4.pdf a6.pdf mobi.prc epub ios.epub fb3